Университет үөрэтээччитэ, учуонай М.П. Григорьев ыйан биэриитинэн II Үөдүгэй нэһилиэгин 19 үйэ бүтүүтүнээҕи биэрэпиһин булан, устан ылан кыракый брошюра оҥорон, 20-чэ устууканы бэчээттээн Үөдүгэй дьонугар түҥэттим. Көннөрү көрүүгэ буолбакка эрэ, хасыһан эбии тугу эмэ билээйэллэр диэбит дьоммор.
Биэрэпиһи ырытыы интэриэһинэй санаалары үөскэппитин ааҕааччыны кытта үллэстиэхпин баҕардым.
Бу биэрэпис Россия үрдүнэн 1895 с. барбыт эбит буоллаҕына II Үөдүгэйгэ, ол аата, бука Саха сиригэр бүтүннүүтүгэр буолуо, 1897 с. буолан ааспыт эбит. Биһиги олорор сирбит киинтэн олус ыраах буолан икки сылынан хойутааһын тахсыбыта буолуо. Докумуон 343-й нүөмэрдээх фонда 2 №-дээх опиһыгар 40 уонна 42 нүөмэрдээх докумуоннар диэн сылдьар, 41 нүөмэрдээх докумуон суох. Сирдэр ааттарынан көрдөххө Арҕаа, Орто, Илин Боотулуулар отой суохтар. Ол аата ити кэмҥэ ити үс Боотулуу уҥуоргу Боотулууну кытта туспа нэһилиэк буолан, II Үөдүгэй тас өттүгэр сылдьыбыт буолуохтарын сөп. Эбэтэр 41 нүөмэрдээх кинигэҕэ киирэн хаала
... Читать дальше »