IX Гумилев аа5ыларыгар кыттын'! - 10 Сентября 2010 - ИЛ-Официальный сайт Саха Общественного центра
Воскресенье, 20.05.2012, 20:14
ИЛ-Официальный сайт Саха Общественного центра
Главная Регистрация Вход
Приветствую Вас, Гость · RSS
Меню сайта
Категории раздела
Общая [192]
Новости регионов [38]
Новости с улусов [20]
Наш опрос
Оцените Наш сайт
Всего ответов: 86
Статистика
Форма входа
E-mail:
Пароль:
 
Главная » 2010 » Сентябрь » 10 » IX Гумилев аа5ыларыгар кыттын'!
11:24
IX Гумилев аа5ыларыгар кыттын'!

IХ Гумилев аа±ыылара

Айыы аймахтара, кµн улуустара

(Саха биллиилээх кыраайы µірэтээччитэ, историк

А.И. Эверстов  80 сааhыгар ананар)

 

Саха Общественнай Киин тэрийэр «Гумилев аа±ыылара» конференция быйыл саха биллиилээх кыраайы µірэтээччитэ, киэІ биґирэбили ылбыт  историческай кинигэлэр автордара, саха интеллигенциятын дьоґун-мааны бэрэстэбиитэлэ, историк Авксентий Ильич Эверстов тіріібµтэ 80 сылыгар ананар.

А.И. Эверстов 1930 сыллаахха Горнай оройуонун Ньидьили нэґилиэгэр тіріібµтэ (Алта сыл буолан баран Кэбээйи оройуона тэриллиитигэр Ньидьили саІа оройуон састаабар киирбитэ).

Авксентий Ильич µірэ±инэн саха тылын учуутала. Кини чинчийэр µлэтин сµрµн хайысхатынан саха омугун тірдµн-ууґун быґаарыы боппуруоґа буолар. Авксентий Ильич µгµс сыллаах чинчийэр µлэтэ «Айыы аймахтара, кµн улуустара» диэн ааттаах кинигэнэн µс тус-туспа чааґынан (1996, 1998, 2003 сс.) тахсыбыта, тірдµс кинигэ суруллан бэлэм сытар. Маны таґынан 2005 с. «Байкал уу сахаларын таабырыннаах дьыл±алара», 2010 с. «Ньидьили былыргыта» диэн олус интэриэґинэй µлэлэр тахсыбыттара.

А.И. Эверстов кинигэлэрэ, ыстатыйалара чопчу архивнай матырыйаалларынан бигэргэтиллэр, дьиІнээх научнай таґымнаах µлэлэр буолаллар. Маны таґынан кини µлэлэрэ дьикти саба±алааґыннарынан баайдар, аа±ааччы араас араІатын бол±омтотун тардар ча±ылхай ис хоґоонноохтор. 

А.И. Эверстов оІоро сылдьар µлэтэ саха биллиилээх историктара Г.В. Ксенофонтов, Г.П. Башарин уо.д.а. сµІкэн арыйыыларын уонна кэнэ±эски саха омугун былыргытын чинчийиэхтээх кэлэр кэм историктарын ситимниир муоста буолар дьоґун аналлаах.

Быйылгы «Гумилев аа±ыылара» конференция «айыы аймахтарын, кµн улуустарын» тµІ былыргыттан аныгы кэмІэ диэри олохторун µірэтиигэ ананар. Аа±ыылары тэрийээччилэр бары историктары, кыраайы µірэтээччилэри, историяны кэрэхсээччилэри IX аа±ыыларга актыыбынайдык кытталларыгар ыІыраллар. Аа±ыылар тµмµктэринэн хомуурунньук таґаарыы былааннанар. Буолар миэстэтэ: Е. Ярославскай аатынан кыраайы µірэтэр музей. Са±аланар алтынньы 1 уонна 2 кµннэригэр 10.00 чаастан. Тэрийээччилэри кытта маннык телефоннарынан сибээстэґиэххэ сіп: 362536, 89247633625, 89141115725.

Просмотров: 158 | Добавил: Суура | Рейтинг: 5.0/1
Всего комментариев: 1
0  
1 Ньукулай   (10.09.2010 12:20)
Чугаһыгар санаабыт, умнубатах киһи. Билигин Эверстов уу сахаларын туһунан кинигэтин ааҕа сылдьабын. Дьикти киһи быһыылаах.

Имя *:
Email:
Код *:
Copyright MyCorp © 2012
Поиск
Календарь
«  Сентябрь 2010  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Архив записей
Друзья сайта
  • Создать сайт
  • Сайт создан в системе uCoz